Тыа хаһаайыстыбатыгарЧыамайыкы нэһилиэгэр толору хааччыллыылаах дьоҕус пиэрмэ үлэтин саҕалаата
Дата публикации: 2025-12-16

Ахсынньы 13 күнүгэр Чыамайыкы нэһилиэгин үлэни өрө тутар эдэр кэскиллээх ыччата Сахаян Иванович Куприянов хороҕор муостааҕы хойуннарар, үрүҥ илгэни үлүннэрэр саҥалыы туспаҕай тутуулаах, толору хааччыллыылаах 40 хороҕор муостаах турар дьоҕус пиэрмэтэ арылынна.
🐄🐄 Аныгы ирдэбилгэ эппиэттиир толору мэхэньисээссийэлээх хотон тутуутугар уонна үүт туттарыы хайысхатынан үлэлииргэ айширскай боруодалаах 10 ынаҕы атыылаһарга эдэр пиэрмэр улууска биллэриллибит үс сыллаах тыа хаһаайыстыбатын сылларыгар олохтоммут 6 мөлүйүөн солк. граны кыайан, эбии үп-харчы эбэн, итиэннэ нэһилиэк дьаһалтатын көмөлөһөн 9 мөл. солк. тыа хаһаайыстыбатын сайыннарар саҥа эбийиэк үлэтин саҕалаата.
❤️ Саҥа тутуу сылаас, ыраас, үйэлээх буоларыгар саха омук сиэринэн нэһилиэк ытык киһитэ Егор Семенов алгыс сиэрин-туомун толордо. Үөрүүлээх быһыыга-майгыга улуус баһылыга Дмитрий Тихонов, СӨ Судаарыстыбанньай мунньаҕын Сир сыһыаннаһыыларыгар, айылҕа баайыгар-дуолугар, экологияҕа сис кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ Андрей Находкин, нэһилиэк баһылыга Александр Захаров, «Агроэксперт» тэрилтэ исписэлииһэ Николай Постников эҕэрдэ тылларын кытта дьоҕус пиэрмэ салайааччытыгар Сахаян Ивановичка хаһаайыстыбата үүнэригэр-сайдарыгар баҕа санааларын эттилэр.
🐂 Ыанньык хотону арыйар лиэнтэни кырыйыы үөрүүлээх түгэнин кэннэ сүөһү-ас үксүү турарыгар кэлии боруода саамай үүттээх Марфуша диэн ынах дохсун ытыс тыаһынан киирэн миэстэтин булла.
Сиһилии: ◀️
@gazetaerjeii
@ulusmedia












