Чыамайыкы нэһилиэгэр бу нэдиэлэ түөлбэ нэдиэлэтинэн биллэрилиннэ
Дата публикации: 2025-12-03

Ахсынньы 2 күнүгэр түөлбэлэр икки ардыларыгар теннис уонна бильярд күрэҕэ ыытылынна. Теннискэ эр дьоҥҥо «Тамма» түөлбэ 1 миэстэ (Алексей Николаев), 2-с «Аартык» түөлбэ (Петр Захаров), 3с «Чолбон» (Василий Попов), 4с «Ньыкыы» (Гаврил Иванов) буоллулар👏 Кыргыттарга 1-кы «Ньыкыы» (Дарианна Максимова), 2с «Тамма (Дария Романова), 3с — «Ньыкыы» (Ильяна Босикова), 4с «Аартык» (Александра Васильева) буоллулар👏 Бильярдка 1 кы «Чолбон» (Эдгар Дьячковскай), 2с «Ньыкыы» (Александр Филиппов), 3с «Тамма» (Анатолий Романов), 4с » Аартык» (Петр Захаров) буоллулар👏 Олус сэргэх, тыҥааһыннаах күрэх ааста, теннискэ спортсовет председателэ Афанасий Дьячковскай, бильярдка Анатолий Романов судьуйалаатылар. Бу нэдиэлэ устата атын күрэхтэр эмиэ буолуохтара, көхтөөх кыттыыны ыларгытыгар ыҥырабыт 👏🙌


