ДЬОКУУСКАЙГА МААСТАРДАР СЭЛЭЛИИ ХААМТЫЛАР
Дата публикации: 2025-04-01
0
Кулун тутар 5 күнүгэр Норуот маастарын күнүн чэрчитинэн талба талааннаахтар сэлэлии хаамтылар.
Үөрүүлээх тэрээһиҥҥэ Саха сирин бастыҥ маастардара, култуура үлэһиттэрэ, устудьуоннар уонна иистэнньэҥнэр кытыннылар. Биһиги нэһилиэктэн норуот маастара, Саха сирин «Дархан уус» анал аат хаһаайына Екатерина Никифоровна Соловьева уонна «Тамма» култуура киинин дириэктэрэ Дарианна Гаврильевна Максимова киирэн хаамтылар.


